Продавайте и покупайте стройостатки в телеграм чате вашего региона t.me/stroyost14
ГлавнаяРеспублика Саха /Якутия/Сунтарский улуссело Тойбохой

Фольклор – село Тойбохой

Народное творчество малой родины

Иванова Галина Гаврильевна,

µлэ, тыыл ветерана, сэрии

тулаайа±а.

Тойбохой былыргыта

Номохторго кэпсэнэринэн, Бµлµµ умнаґыгар былыр ХаІалас сахалара - Дыгын уолаттара кэлбиттэр. Кинилэр кэлиэхтэрин иннинэ Туматтар олорбуттар.

Дыгын Ньырбакаантан µс уоллаах: Тойук Булгудах, БосхоІ Билгэтин уонна Сµµрµк Быркынаа. Сµµрµк Быркынаа эмиэ µс уоллаах:Торбуох, Таркаайы, Омолдоон. Бу уолаттар билиІІинэн эттэххэ, Ньурба сиригэр олорбуттар. Омолдоон Торбуо±у ата±астыыр эбит. Ол иґин Торбуох ити сиртэн кµрээн Тойбохойу булбут.Тойбохойго кэлэн эмиэ µс  уолу тірітір: Куокуну, Сабый уонна Ата±а Суох. Кэнники  кинилэр ааттарынан  нэґилиэк, а±а уустара ааттаналлар. Ол туоґута былыргы докумуоннарга «Сабыйского рода», «Кокновский род» диэн суруйаллар эбит.

Номо±у салгыы кэпсээтэххэ Ата±а Суох бултуу сылдьан Туматтарга тµбэґэр. Дьиэлээхтэр суохтар эбит. Арай биир этиэхтэн кэрэ сэбэрэлээх кыыс  со±ото±ун олорор эбит. Уол кыыґы «тыытан кэбиґэр».Онтон сылтаан  сэрии буолар. Туматтар сахаларга сэриинэн тµґэллэр. О±унан ытыалаґыы буолар. Бу тµгэІІэ Торбуох о±онньор куотар, кини булчута да, сэрииґитэ да суох µґµ. О±онньору со±огохтуу  эккирэтэллэр. Торбуох куотан кэлэн, туос тыынан Улахан Эбэ±э киирэр. Кµілгэ киирэн хомуска саґар. Туматтар ірµґµлтэ биэрбэккэ Торбуо±у о±унан ытан іліріллір. О±онньор тимирэр. Кэнники бу сэриигэ Туматтар хотторон куоталлар. Улахан Эбэни Торбуох кµілэ диэн ааттыыллар. Бу номо±у мин ханнык эрэ былыргы сэґэннэр хомуурунньуктарыттан булан ірдіі±µтэ аахпытым. Билигин ол кинигэ аатын ійдіібіппµн. Осипов дуу, Ачаясов дуу кырдьа±ас сэґэнэ быґыылаа±а.

Улахан Эбэ±э былыр тыылаах киґи  тимирбит µґµ диэн эбэм (Болурова-Бычыгырова Федосия Прокопьевна- Атыах Эмээхсин 1874-1954сс) кэпсиирин кыра сылдьан истэрим. Онон номох оруннаах буолуо диэн итэ±эйэбин.

Тірµттэрим тустарынан.

БилиІІи Тойбохой тірµт олохтоохторо, биллэн турар, ити Торбуох ууґуттан силис тардан µіскээтэхтэрэ дии…

Биґиги тірµттэрбит 18-19-с  µйэлэргэ улаханнык ууґаан-тэнийэн µескээбит – Оккойо а±атын ууґа. Кылгастык а±ыннахха, Оккойо бэйэтэ омугунан нуучча. 9 уоллаах, 9 кыыстаах эбит. Бу дьоннор бэйэлэрэ эмиэ олус тэнийбиттэр. Бµлµµ сµнньµн со±уруулуу- ар±аа іттµн тилийэ тар±аммыт курдуктар. Маннык улахан а±а ууґа чугаґынан баарын билбэппин. Оккойо 9 уолуттан биирдэстэрэ Біттілбі Уйбаан диэн бэйэтэ 8 дуу, 9 дуу уоллаах уонна оччо кыыстаа±а  µґµ. Онтон биир уола- Болур Ньукулай. Онтон биґиги Болуровтар буолбуппут. Оккойо бэйэтэ «Семен Егоров-он же Огкоё»- диэн сурукка киирбит. Оккойо ууґуттан утумнаах дьон билиІІи Тойбохойго этэргэ дылы «атыллаатар аайы» бааллар. Ґрдµнэн-аннынан ааттаталаатахха: Нууччалба Дьаакып  – Тотоновтар, Тихонов Филипп , Саввинов Гриша, Кэмир Ылдьаа,  Кыра Кирииґэ, Вагиннар, Николаевтар, Васильева Антонина Арсеньевна, Ньукулаас - Максимовтар, Тихонова Ульяна Гаврильевна, Трофим Жирков, Бессоновтар, Евсеевтэр, Болуровтар- Даниловтар, Мотуу – Никитиннэр ыччаттара, аймахтара, о±олоро о.д.а. , аІардас биир біґµілэккэ, оттон  атын нэґилиэктэргэ  тіґі бааллара биллибэт. Бары Оккойоттон тірµттээхтэр эбит.

Мин бэйэм кілµінэбэр сыґыары тутан аахтахпына, мин хос сиэннэрим  Оккойоттон 9-с кілµінэ буолаллар.Оккойо Сэмэн-Бітілбі Уйбаан - Болур Ньукулай - Балтараа £ндµрэй - Болуров Хабырыыс – Галина - Анатолий Иванов - Ангелина Сивцева_- Айсен.

Атыттар эмиэ аа±ынан кірµіхтэрин сіп эбит диэн бэйэм ситиммин холобурдаатым.

Сідµіччµйэ- Атыах Эмээхсин туґунан (1876-1954 сс)

Бу эмээхсин туґунан Багдарыын Сµлбэ «Сэґэннэр уонна номохтор» диэн кинигэтигэр  ахтыбыт.

Архыыпка суруллубутунан Тойбохойго Ата±а Суох а±атын ууґугар Прокопий Яковлевич Николаев – Бычыгыр диэн олорбут.(«Хочинская инородная управа 1897 г. Посемейный список Торбоховского наслега»).

О±онньор 1897 сыллаахха 64 саастаах, эмээхсинэ Анастасия( арыт Федосия)) 48 саастаах эбиттэр. О±олоро: Алексей 30-таах, Ирина диэн кэргэннээх, Мария 26-лаах, Федосия-21-дээх,Миханя_15-тээх, Дарья-10-наах эбиттэр.

Тойбохой уІуор Бычыгыр іті±і бара. Сідµіччµйэ Болуров  Андрей Николаевичка(Болур уолугар) кэргэн тахсан, Бэрэ±э олорбуттар.15-тэ о±оломмутуттан 4 о±о киґи буолбут: Гаврил, Мария, Мавра(Мария) уонна Андрей. Эмээхсин бастакы о±ото-кыыс  ілін хаалбыт. Онтон бэттэх Сідµіччµйэ уйул±ата хамсаабыт, ньиэрбэтинэн ыалдьар, мэнэрийэр буолбут. Эмээхсин кыґал±ата итинэн бµппэтэх, биир сайын 5 саастаах кыыґа уІуох-тирии сµтэн хаалбыт.Ґс сайын устата бу о±о кырамтатын кірдіібµттэр да тугу да да булбатахтар.Бу  ыал оло±ун отуората алдьаммыт. Ийэлэрин доруобуйата  іссі сатарыйбыт. Кэнникинэн олох киґи истибэтин истэр, кірбітµн кірір идэлэммит. Биир тылынан эттээхэ, «аґа±ас харахтаммыт». Эбиитин иччилээх тµµллэри кірір буолбут.£ссі сыл аайы  тірµµр о±ото (уон о±о)  «тіннµбµт». Аны Сідµіччµйэ о±о иитэ ылар «ыарыыга» ылларбыт. Иккитэ боруобаланан кірбµтэ, иккиэн сатамматахтар, тиґэ±эр олох хойут Бычыгырдар сиэннэрин, Ким о±ото буоларын билбэтим, тігµрµк тулаайах о±ону бэйэлэрин ааттарыгар суруйтаран о±о гыммыттар.  Болурова Октябрина Андреевна 17 сааґыгар тиийэн ілбµтэ. А±алара Болуров Андрей Николаевич 1938 сыллаахха, сайын ілбµтэ.

Бу ыаллар ол да буоллар ньир-бааччы олохтоох ыаллар эбиттэр. Болурдар- халыІ а±а ууґун утума. Сµрдээх кµµстээх­кµдэхтээх, µлэґит дьон. Дьиэ-уот, кµрµі-хаґаа барыта µйэлээх тутуулаах.Сир оІоґуутугар, бурдук µµннэриитигэр оччотоо±у Хочо ыалларыгар бастыІнара.О±уруот аґын, хортуоппуйу олордоллоро. Сµіґµ иитэллэрэ. О±онньор эдэр эрдэ±инэ тай±анан айанныыра, Бодойбо±о масс кэрдээччинэн µлэлии сылдьан, «Ленатаа±ы ытыалааґыІІа» кыттыбыт. (1912 с). АІаар санныгар араанньа буолбут. Былыр Оккойо уолаттара бырааттыы НоІнойдор, Болурдар, Кµµрµннэр Бодойбо±о бииргэ сылдьаллар, тэІнээхтэрэ суох кµµстээх, араас бириискэ кµлµгээннэригэр бас бэриммэт дьоннор буолалларын туґунан номохторго ахтыллар.

Сідµіччµйэлээх Советскай былааґы сэргээбиттэр. Ким хайа иннинэ колхозка киирбиттэр. Уопсайынан саІаны, сайдыыны иилэ хабан иґэр ыаллар эбит. О±олорун µірэттэрбиттэр. Андрей Дьокуускайга  юридическай оскуола±а µірэммит, Мария Бµлµµ педагогическай училищетын бµтэрбит, кэлин партийнай-хаґаайыстыбаннай µлэ±э, атыы-эргиэн µлэтигэр эІкилэ суох µлэлээбитэ. Гаврил  ветеринар идэтин баґылаабыт.

Сэриигэ ики уоллара иккиэн сэриигэ барбыттар.Уоттаах сэриигэ кытталлар. Хабырыыс 1943 сыллаахха олунньуга Ильмень кµілгэ ілір. Андрей Чехословакия±а  диэри сэриилэґэн, бааґыран уонна улаханнык контузияланан дойдутугар эргиллибитэ.

Сідµіччµйэ о±олорун, тіґі да элбэх о±ону кімнір,  атаахтаппат,µлэґит, олоххо тулуурдаах буоларга иитэлээбит. Хаґан да ытыы- соІуу сылдьыбат кытаанах майгылаах эмээхсин этэ.Биир уратыта- кимиэхэ да иннин биэрбэт майгылаа±а, бэйэтин ата±астаппат этэ, уот тыллаах буолан, киґи барыта кинини кытта ким да аахсыбат эбиттэр. Ол эрээри олус ыраас суобастаах,чиэґинэй дьахтар эбит. Ону туоґулуур биир холобуру а±алабын.

Биирдэ Туойдаахтан Тойбохойго биир киґи элбэх харчыны( кооператив харчыта дииллэр этэ) киллэрэн испит. Аара ата сиргэнэн, ыІыырын ыґан, міґііччµктээх харчыта тµґэн, сµтэн хаалбыт. Кірдµµ сатаабыт да, булбатах.  Сµтµктээх киґи улахан кыґал±а±а киирбит. Тугунан да  тілµµр кыа±а суох, элбэх о±олоох киґи эбит. Хас да хонук ааспытын кэннэ Сідµіччµйэ ына±ын µµрэ сылдьан, бу харчыны булан ылбыт. Дьиэтигэр а±албытыгар о±онньоро да, о±олоро да тугу да саІарбатахтар. Арааґа, Ким да быґаарар бырааба суо±а дуу, эбэтэр бэйэтэ биллин диэбиттэрэ дуу…Сідµіччµйэ сµтµктээх киґиэхэ миэхэ кэлэ сырыттын диэн илдьит ыытар. Ол киґи кэлэр, тугу да  саІарбат. Сідµіччµйэ эмиэ тугу да саІарбат, алаады буґарар. Ыалдьыты алаадьылаах чэйинэн маанылыы олорон, Сідµіччµйэ хаІас диэкиттэн міґііччµктээх харчыны хайдах бааллыбытынан туттаран кэбиґэр.

Бу сэґэни миэхэ Болуров Андрей Андреевич хойут 60-с сыллар диэки кэпсээбитэ.  Сідµіччµйэ араас атын дьиктилэрин, мэнэрийэрин, тµґµµрµн туґунан, чиэґинэйин іссі онно эбии олус дьиибэлээх- бэґиэлэй майгылаа±ын, киґини «тыла суох ыытар» ох тыллаа±ын туґунан элбэ±и кэпсиэххэ сіп.

Болурова (Бычыгырова Федосия Прокопьевна) - µірэ±э суох, боростуой, Саха дьахтара, айыл±аттан бэриллибит араас дьиктилэрдээх, кытаанах санаалаах, олус баай дууґалаах эмээхсин уґуннук олорбута. 78 сааґын туолан, ТэІкэ±э олорон, кыґын бытар±ан тымныы са±ана эмискэ ілбµтэ

Кини 4 о±отуттан 14 о±о тіріібµтэ.Араас идэлээх дьон: µтµілээх юрист, µтµілээх экономист, врачтар, фармацевтар, социальнай µлэґиттэр, араас педагогтар µµннµлэр.Кини хаалларбыт кілµінэтэ улам бі±іргµµр, µµнэр-сайдар.

Сир-дойду ааттара, ітіхтір.

Былыргы дьон олорор сирдэрин аатын мээнэ ааттаабаттар, харыстыыллар.Биґиги эбэбит ол иґин Тойбохойу «Эбэ» диир буолуІ диэн µірэппитэ. Эбэ ортотугар наада±ар чохчойоргун кіІµллээбэтэ, кыґын кµілгэ муус ыла сылдьан, , ынах уулатаары эІин кµілµ киртитэр- улахан аньыы! Эгэ сайын онно сітµілµµ оонньуоІ дуу, таІаскын суунуоІ дуу!

Тойбохой Эбэ кірдіххі биир кэлим- Тойбохой диибит. ДьиІэ, былыр итинтибит иґэ истээх эбит. Холобура, Улахан кµіл аата- Улахан Эбэ,оттон кырата-Бэрэ диэн ааттаа±а.

 «Атах» былыр элбэх ітіхтірдііх, киґи уІуохтардаах этэ.£ссО туґунан бµтэй о±уруоттаа±а. «Атахха» киирэргэ  µчµгэй, бі±і-та±а оІоґуулаах, µµт сµрдьµгэс ааннаах буолара. Итиннэ «ТаатаІнар» диэн аймах ууґаан олорбута. «ТаатаІнар» билиІІи Тотонов Дьаакап  о±онньор тірµттэрэ. «Лабырык», «Тураах», «Татаакка» ітіхтірі, «Абааґылаах ампаар» бааллара. Билигин кэлимсэ солооґун буолбут. Ґіскэ киирдэххэ  уолбалар эмиэ туспа ааттаахтара: Лабырык уолбата, Кµµрµн (Гурин) уолбата, Кµттµлбэ анна,Кытах, Ньэккэ анна диэн ааттаналлара. Онтон салгыы кэллэххэ «Угаалаах» диир этибит. Улахан Хоруу, Куччугуй Хору диэн ааттанар былыргы мелиоратордар µлэлэрин омооно баар. «Арыы» анныгар баар кілµйэни «Эмэґэ» кілµйэ диир этибит, кэнники ол кілµйэни хаґан, дириІэтэн биэрбиттэрэ. «ОІоґуу кілµйэ» диир буолбуппут. «Билии», «Ыксаанай кэнэлитэ», «Туустаах кілµйэ», «ТааІкы», « Ойо±ос кµрµі», «Куораанчы» диэн сирдэр бааллара. «Эбэ» илин баґын «Угуйа» диэн ааттыыллара. Сорох ааттары умнан кэбиспиппин. БилиІІи кілµінэ итини отой да билбэт буолуохтаах.

«Атахтан» са±алаан, «Эбэни» кырыылаан кэлэн истэххэ, барыта ітіхтір-былыргы тірµттэрбит олохторо, ыІырыа уйатын курдук бааллара. Ойуур иґигэр кытахха-Ньэккэ іті±і баара.Христофор Кононов- билиІІи Амоновтар эґэлэрэ. Онтон Кµµрµн Ыстапаан іті±і билигин да баар.Дьэ, онтон кэлэр ітіхтір бары солонон, колхоз, совхоз буолата буолан, сыл аайы моонньо±оннуур сирбит буолан турдахтара. Итиннэ хас да Омуос, Болуровтар  ітіхтірі, ґааса,Артамыан, Болур ітіхтірі бааллара. Ити ітіхтір бары тыаны солоон оІоґуллубуттара µґµ.Былыргы биґиги тірµттэрбит аныгы дьон курдук ыраас сиргэ- «Эбэни» «атаакалаан» олорботтор. Муос харыларынан ойууру солоон, бурдук сирэ таґаарынан, хахха сиргэ дьиэлэрин тутталлар эбит.

Салгыы кэлэн истэххэ, билигин «Чорос» іті±і диир ітіхпµтµгэр, мин билэрбинэн, Байбал эмээхсинэ олорбута. Тотонов Василий Павлович эбэтэ. Бу эмээхсин туґунан кэпсээбэккэ ааґыахпын санам буолбат курдук. Сэрии са±ана кірір этим.Тірдµн-ууґун соччо билбэппин, арааґа, ТаатаІнарга кийиит дуу, Соччуурдар диэн эмиэ бааллар, олорго сыґыаннаа±а эбитэ дуу?Кып-кыра, ып-ыраас  бала±ан дьиэлээх этэ. Эмээхсин бу дьиэтин ойууртан бэйэтэ кэрдэн, сµгэн туттубута диэн кэпсииллэрин истибитим. Оннук хоґуун µлэґит эмээхсин этэ. Алааппыйа уонна Таанньа диэн кыргыттардаах. Таанньа сµрдээх мааны таІастаах, µірэхтээх быґыылаах этэ. Киниттэн кыргыттар баар буолуохтаахтар.Алааппыйа биґигини кытта колхозка оттоґор, о±о±о-аймахха олус µчµгэй сыґыаннаах этэ.

Мин биири бэлиэтиэхпин саныыбын: Тойбохой ыаллара былыр- былыргыттан ураты ыраас-чэбэр туттунуулаах, дьиэлэрин иьин-таґын да ньµдьµрэппэт хоґуун, чэнчис буолаллара. Ити советскай былаас  иитиитэ-µірэтиитэ  эрэ буолбата±а буолуо, ис-хаан бэйэлэрин сиэрдэрэ буолуо дии саныыбын. Онноо±ор сэрии уот-кураан сылларыгар иґэр да уута суох кэмІэ, мыыла диэн имири сµтэн хаалбыт сылларыгар мин ыаллар, ыал ийэлэрэ кир-хох буолан олороллорун отой ійдіібіппµн.Кµлµ (оґох кµлµн) оргутан мыыла оннугар туттар буоларбыт.Ону солох диэн ааттыырбыт. Соло±унан иґити да, таІаґы да сууйдахха бэркэ ырааґырар курдуга.Онноо±ор иэдьэгэй уутугар былааккын сууйдаххына кіліґµнэ сµтэрэ. Ыраас киґи – мэлдьи ыраас.

Дьэ, Байбал іті±µттэн салгыы бардаххына салгыы Суутунаптар ітіхтірі кэлэр. Бу билиІІи Жирковтар эґэлэрэ. Бу ис дьиІ нууччалыы сиэрдээх ыаллар этилэр. Улахан, кыра дьиэлэрдээхтэрэ, хас да ампаардаахтара. Олох уларыйан, аймаан-саймаан кэбиспэтэ±э буоллар хайдах курдук дьоґуннаахтык олоруохтара этэй?!

Бу Суутунап о±онньор Дьырыыктартан тірµттээ±э.О±уруот аґын µµннэрэринэн тэІнээ±э суох быґыылаа±а. Оо, кинилэр эрэ хортуоскалара бідіІі, бурдук арааґын µµннэрэллэрэ! Онноо±ор ханнык эрэ «ньамалааскай» диэн ааттанар ньэчимиэІІэ майгынныыр эрээри сµрдээх кытаанах, суоруна олох хоппот бурдугун µµннэрэ сылдьыбыта.О±уруотугар о±урсуу,биэрэс, хаппыыста,луук,онноо±ор табаах µµннэрэрэ.Ол табаа±ын дьоІІо да биэрэн кµндµлµµрэ, эргинэрэ да±аны. Оччолорго маннык тэринэн олорор ыал олох да суох курдуга.Итини таґынан сылгы, ынах иитэллэрэ. Суутунап - Жирков Николай (а±атын аатын умнубуппун) эмээхсинэ биґиги эдьийбит Сыыма(Сидор) кыыґа, эмиэ Оккойолор. Бу ыалга мин мэлдьи сылдьар этим, о±онньор хара±а кірбіт буолан олорон,миигин ыІыран ылан, имэрийэн кірірі, хаґыс кылааска, хайдах µірэнэрбин мэлдьи ыйыталаґара, хайгыыра. Мин ол иґин бу о±онньору сібµлµµр этим. Татыйыына диэн кыыстара аґара уус, иистэнньэІ этэ. Сайын аайы сарыы тµµппµлэбин оґуордаан  биэрэрэ, іссі биирдэ соттор таІаґынан былааччыйа тикпиттэрин оґуордаан биэрбитэ, олох ураты кэрэ былааччыйа буолбута.Татыйыына хойут ілбµтэ, ыччата элбэх- Михайловтар, Федоровтар о.д.а.Бу ыалга іссі аччык сыл са±ана аймахтарын о±олоро Бачах Мэхээлэ, Суоппуйа иитиллибиттэрэ.

Дьэ, ити курдук былыр Тойбохойу Тула а±а уустара утум-ситим ітіхтінін ууґаан-тэнийэн олорбуттара. Барытын суруйар кыаллыбат. Сэрии буолан, сут-кураан сатыылаан, колхозтар эІин, сыыґа-халты саламта содула  былыргы ыал отуоратын ыґан кэтэх хаґаайыстыба  дьиэ-уот,о±о-аймах кірµллµбэт, сайдыбат кэмэ кэлэн хаалбыта.Хоргуйан дьон- бі±і  ілбµтэ быґыылаа±а, ону соччо кэпсээбэт этилэр. «ДьэІкэрэн ілбµт» дииллэрэ.

2004 сыллаахха мин Дьокуускайга кырдьа±астар балыыґаларыгар сэрии сылларыгар Тойбохойго участковай балыыґа±а бырааґынан µлэлээбит Зоя Авраамовна ( араспаанньатын умнубуппун) диэн кырдьа±аґы кытта кэпсэппитим.Зоя Авраамовна Тойбохой туґунан элбэ±и ахтыбыта. Ол са±ана балыыґабыт Моотуукка эбит. Кини Семенов биэлсэри  кытта уонна Дора диэн медсестраны кытта µлэлээбит. Олус µчµгэйдик кинилэри ахтыбыта. Тойбохой балыыґатыгар хоргуйан іліірµ гыммыт дьону ыарыйдылар диэн а±алаллар эбит. Истэрэ ыалдьыбыттар µксµлэрэ сітіллііх буолаллара. ДьиІэр хоргуйан-быстан іліллірі, ону ыалдьан ілбµт курдук суруйарга ирдэбил баарын туґунан Зоя Авраамовна кэпсээбитэ. Кыайыы кµнµн хайдах кірсµбµттэрин, балыыґаны Моотууттан біґµілэккэ кіґірµµнµ  тэрийсибитин, райисполком председателэ,  А.Т.Гольдман буолла±а буолуо, балыыґаны біґµілэккэ кіґір, оччо±о сібµлээбит сиргэр ыытабын диэбитин уонна тылын толорбутун туґунан кэпсээбитэ. Зоя Авраамовна Бессоновтары уонна Кривошапкиннары истиІник саныырын эппитэ. Мин бу ахтыыны сэрии са±ана биґиги нэґилиэкпитигэр чахчы хоргуйан ілµµ  баар этэ диэн туоґулаан суруйдум.

Кµрµµкэп дьиэтэ.

Тойбохой Эбэ ар±аа са±атыгар урукку Кµрµµкэп баай оло±о баара. Бу эргэрэн ыґыллан эрэр да буоллар,сµрдээх бі±і-та±а тутуулаах дьиэ-уот, элбэх ампаар, кµрµі-хаґаа сµдµ уора±ай этэ. Гражданскай сэрии са±ана Кµрµµкэп уонна  кини кынна Павлов  баандалара ірі туран кыґыллары іліртіібµттэрэ µґµ. «Уус дьиэтэ» диэн ааттыыр, олбуор муннугар турар дьиэ±э икки дуу, µс дуу  милиционердары ілірбµттэр.Аан µрдµнэн буулдьаларын суола бара. Киирэн иґэр  бандьыыты орон анныгар сытар милиционер  сыыґа ытан кэбиспитэ бэстилиэтин буулдьата аан µрдµгэр тµспµт.

Кэлин колхоз тэриллибитин кэннэ манна улахан ампаардарга, сарайга госзакупка туттарыллар ас-µіл хараллара.Манна сµіґµ бі±і іліллірі, дохуот µллэґигэ буолара. Киґи –сµіґµ,о±о-аймах то±уоруйара. Элбэх кіліґµн кµннээхтэр дохуот эттэрин,арыыларын сыар±анан тиэйэллэрэ. Оттон со±отох ийэлэр,тулаайах о±олор сыл тµмµгэр мэлийэн тахсаллара. Ийэм биирдэ хара истээх,муунта аІара (200 гр) арыылаах кэлбитин ійдµµбµн.Сыллаа±ы дохуота онон бµтэр.

Кµрµµкэп дьиэтэ былыр ij뵴µін атыыґыт дьиэтэ этэ.(Артаханов диэн араспаанньалаа±а). ij뵴µін атыыґыт байан-тайан иґэн інµйбэккэ ситэ тутулла илик уора±айын Кµрµµкэпкэ атыылаабыт. Ону Кµрµµкэп ситэрэн-хоторон лааппыланан эІин олорбута µґµ. Тойон-хотун, араас ыраахтан кэлбит мааны ыалдьыттар то±уоруйбут ахан миэстэлэрэ.

Тойбохойго саамай кістµµлээх, ыраахтан дьэргэйэр буолара.Колхоз бырабылыанньата манна µлэлиирэ. Біґµілэктэн аттаах- сыар±алаах дьон тохтоло суох бур±атан иґэр буолаллара.Кэлин колхоз председателлэрэ олоро сылдьыбыттара: Никитин Лука уонна Уйбаныап Ньукулай Миитэрэпэнэбис

Колхозтар

Тойбохойго колхозтааґын хайдах са±аламмытын мин билбэппин. Ийэм Тойбохойго кийиит буолан кэлиэн иннигэр колхозтар тэриллибиттэр. Кини кэпсииринэн,  аан бастаан (хас сыллаахха эбитэ буолла) кыракый артыаллар диэн тэриллибиттэр. КіІµл іттµнэн киирэллэр эбит. Агитация олус кµµскэ ыытыллар буолуохтаах.

Ол аата бастакы артыалга Бэрэ±э Кµµрµннэр уонна Болурдар киирбиттэр. Кыттыґан аан бастаан отторун Атахха сµµнэ улахан оту туруорбуттара µґµ. Сµіґµлэрин хайдах кыстаппыттара биллибэт.Бада±а, ол отторун  кыґын бысталаан µллэстэн сиэбиттрэ µґµ. Онтон эмиэ ити дьон кыттыґан мэлииґэ (мельница) туттубуттар. «Хончойорго» барар суол тірдµгэр, «Артамыан іті±µн» кэннигэр «мЭЛИИґЭ іті±і»  диэн хойукка диэри баара. Дьэ, бу бэртээхэй дьаґаныы этэ. Бурдугу  дьиэ±э суоруна±а  тардан сордонуохтаа±ар мэлииґэ±э ат кµµґµнэн мэлийии улахан сайды буолла±а.Оччо±уна кµтµр улахан суоруна(жернова) тааґа наада буолла±а, ону хантан а±алаахтаабыттара буолла? Мин олох кыра эрдэхпинэ биир маІан ат мэлииґэни эргитэн Тула хама сылдьарын кірбµтµм. Кµµрµннэр уолнна Болурдар диэн олус кµµстээх,сатабыллаах, нэґилиэнньэ±э улахан аптарытыаттаах дьон µґµлэр. Оґуобай улахан сутуруктаах Кµµрµн £ндµрэй диэн киґи баарын туґунан  мэлдьи уос номо±о буолара. Кинилэр а±алара дуу, убайдара дуу Егор Туринов  (Гурин) Ніірµктээйи  нэґилиэгэр аан бастакы кинээс µґµ.

Мин ійдµµрбµнэн Тойбохойго хас да кыра колхозтар бааллара:

«Бэрэ» уонна «Быыра» диэки «Интернационал» колхоз чилиэннэрэ этибит, уІуор «Ойбон» ітті – «18-с съезд», «Туойдаахха» -«Папанин», «ЧµбэчээІІэ» -«Кыґыл Маай», «Кулуґуннаахха»- «Эдэр Кулуґуннаах» диэн колхозтар бааллара. Бары социалистическай куоталаґыыга киирсэн µлэлииллэрэ. Агитация, пропаганда олус кµµстээ±э, дьон ійі- санаата  кµµрэрэ.Сарсыарда утуйар ууларын умнан, кµн бµтэйигэр µлэлии бараллара. Дьиэ-уот кірµллµбэт, ынах киэґэ-сарсыарда эрэ ыаныллара,о±о харайыллыбат µлµгэрэ буолара. Колхозтаахтар мэлдьи µірэ-кіті µлэлииллэрэ, ыаллыы колхозтар тустарынан сибидиэнньэни истэ-билэ сылдьаллара.Мин ийэм суо±ар кµнµс  дьиэбэр тэґийэн олорбот о±о этим,ол иґин ийэм батыґыннара сылдьара. Онон колхозтаахтьар хайдах µлэлииллэрин, омур±аІІа тугу кэпсэтэллэрин истэ сылдьар этим. Биригэдьиир тугу эппитэ сокуон буолара. Ким да іріліспіт, этиспэт,  толорор эрэ туґугар кыґаллара. Семенов Данил Павлович диэн олус кыґаллыгас биригэдьиир баар этэ. Саас ыґыы са±ана, от са±ана ыалы уґугуннартыы сарсыарда эрдэттэн сылдьара, киэґэ хойут µлэлээбит µлэлэрин суруйан учуоттаан иґэрэ. Хаґан утуйара биллибэт этэ. Хаарыаннаах µлэґит киґи эрдэ ілбµтэ эрээри олус µчµгэй µлэґит ыччаттары хаалларбыта.

Бояков Алексей эмиэ биригэдьиирдээн сылдьыбыта.  Кэлин сэрииттэн кэлэн Николаев Василий Еремеевич уонна Филиппов Дмитрий Федотович биригэдьиирдээбиттэрэ. Бу дьон сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбит, киґи тэІнэспэт µлэґит дьонноро, дьиІнээх патриоттар этилэр. Кістір да кірµІнэринэн сиртэн- буортан тэйбит курдук чэбэр, чэпчэки туттунуулаах, уу дьоруонан дайдара сылдьар аллах аттаах киґи гиэнэ килбиэннээхтэрэ этилэр. Тіґілііх дьахтар тоІуй сµрэ±ин долгуппуттарын, хаІыл быарын хамсаппыттарын туґунан арай туспа кинигэ гынан суруйуохха сібі буолла±а.

Сэрии са±ана от  µлэтигэр µксэ кырдьа±ас, о±о-дьахтар µлэлииллэрэ. Илья уонна Аммос Болуровтар бу кэмІэлаппа сааґырбыт дьон саамай кµµс µлэ±э сылдьаллара. Уйбаныап Тµмэппий - Кітµіх о±онньор от массынатынан от мустарар этэ. Конкурска кыттан бастыыра. «Конкурс, конкурс, ґат-ґат!»- диирин ійдµµбµн. Кірдііх, бэґиэлэй о±онньор этэ.

Тотонов Яков Петрович- Нуучалба Дьаакап, Константинов Михаил Васильевич- Бачах Мэхээлэ оччолорго олох о±олор этилэр. Бµіккэ уонна £стµіпэ Сылгытовтар олох кыра эрдэхтэриттэн кілі сиэппиттэрэ. £стµіпэни атыгар мииннэрэн биэрэллэрэ. 5-6 саастаах о±о кээґиигэ атын бэркэ тэґииннээн сыар±алаах оту кµрµі±э тириэрдэрин кірір этим. Ґлэґит илии тиийбэтигэр ол улахан кідьµµс буолара. Арыый улахан о±олор бугул тµгэ±э харбыыллар эбэтэр уолба±а от мунньаллара.

Кэнники сэрии бµтэн олохпут арыый тупсубута.  Аны били кыра колхозтар холбоґон, «Победа» колхоз буолбута. Председателинэн Иванов Николай Митрофанович диэн киґи кэлбитэ. Бу урукку сиэринэн галифе бµрµµкэлээх, гимнастеркалаах, ёжиктыы кырыллыбыт баттахтаах, аІаар іттµгэр арыый кыІнары сылдьар тібілііх, орто уІуохтаах, ис киирбэх, холку кірµІнээх киґи этэ. Олус дуоспуруннаах тыллаах- істііх киґини колхозтаахтар тута сібµлээбиттэрэ.

 Айыл±а да хайатын ата±астыай, эмиэ сµнньэ кінін, іІ дьыллар буолбуттара. Онтон сылтаан дьон санаата кіті±µллэн, колхоз µлэтэ –дохуота тупсубута.

£ссі дохуот эттэриттэн, арыылар, хаґан тиийэныттан ордорунан хана эрэ (Ленскэйгэ эбитэ дуу) тиэйэн илдьэн табаарга атастаґан кэлэллэрэ. Ону  «кыґыл обуос» диэн ааттыыллара. «Кыґыл обуос» ханна иґэрэ, хаґан тиийэн кэлэрэ улахан кµµтµµлээх, сурахтаах буолара. Кµрµµкэп дьиэтигэр «Кыґыл обуос» табаарыттан тииґинээри колхозтаах бі±і мустара. Кимиэхэ туох таІас-сап бэриллэрэ эрдэттэн испииґэктэммит буолара. Дьэ, мантан чэй, табаах, саІа таІаска тииґинэн  µірµµ-кітµу бі±і буоларбыт. Миэхэ биирдэ уол  о±о халтаІ суппуун сонно тиксибитин хас да сыл кыґыннары кэтэн абыраммытым.

Биирдэ хантан эрэ эргэ таІаґы а±алан тµІэппиттэрэ. Аныгылыы эттэххэ, гуманитарнай кімі. Кыайыы буолбутун кэннэ быґыылаа±а. «Немецтэр таІастара µґµ» дэґии баарын ійдµµбµн. Барыта эргэ да буоллар сµрдээх ыраас, кµндµ таІастар, чахчы да омук таІастара этилэр. Туох эрэ киґи ійдіібіт эмп сыттаахтара. Дезинфекциялаабыттара буолуо. Ийэбэр сон уонна ырбаахы тиксибитэ.

Иванов Николай Митрофанович председателлиир сылларыттан ійдіін хаалбытым ити эрэ буолбатах. £ссі саамай µірµµлээ±э бара – колхозпут массына атыыласпыта. Ити 1952-1953 сыллар кирбиилэригэр буолуо. Буолаары буолан таґа±ас таґар массыына, мааркатын билбэппин.  Бу Тойбохой остуоруйатыгар аан бастакы массыына этэ. Барахсан тыаґа - ууґа куугунаан  уу-чуумпу біґµілэккэ хана барбыта, хаґан кэлбитэ бу иґиллэн турара. Онноо±ор бадарааІІа тµспµт кілµіґэтин суола оґуор курдук кістірі, били ыґыахха хоччуоппа±а атыыланар баахыла ойуутун санатара. Биґиги колхоз о±олоро массынабытынан улаханнык киэн туттарбыт. Ол сылларга оройуон киинигэр Сунтаарга µірэнэр о±олору каникулларыгар массынанан  таґар буолбуттара. Намыґах масс кузовка от тэлгэнэн ол-бу сонунан- саІыйа±ынан µллµнэн сытан айанныырбытын ійдµµбµн. Ол са±а µтµі айаны ійдіібіппµн. Урут ортотугар хонон иккис кµІІэр киэґэриитэ ат сыар±атыгар кыкынатан тиийэр сиргэр таах а±ыйах чааґынан бирилэтэн тиийэр буолбуппут. Массыынабыт аІаар фаарата алдьаммыт этэ да, биґиги  ону олох сирбэт дьон этибит, ситэри кэпсээтэххэ, суоппарбыт нуучча, эмиэ аІаар харахтаах этэ. Биґиги массынабытыгар ананан тіріібµт курдуга. Тиэйэн иґэр о±олорун кыґыІІы тымныыга сотору-сотору тохтоон кірірі-истэрэ, кэпсэтэрэ. Аны о±олор µлµйэн хаалыахтара диэн сэрэнээхтиирэ буолуо… Аны ійдіітіххі фронтовик буолуо, аІаар хара±а наар маарыла бэрэбээскилээх буолара. Аатын ійдіібіппµн.

Бу сылларга біґµілэкпитигэр іссі электричество киирбитэ. Онно со±отох Иванов Николай Митрофанович  µтµітэ эрэ буолбата±а буолуо. Ол са±ана µлэлээбит оскуола директора Герасимов Моисей Иванович онтон да атын салайааччылар µтµілэрэ буолуо. Дизель а±алан, дьиэ тутан, уот линиятын тардан, лампа ыйаталаан µлэ бі±і µлэлэммит эбит. Дьиэлэргэ, тэрилтэлэргэ буор-босхо электричество уота сандаарбыта. Электростанция±а дизелиґынан Иванов Виктор Дмитрьевич µлэлээбитэ. Ол дизель кµµґµнэн µлэлиир (паровик) бурдугу мэґийэр тэрил баар буолбута. Ахсым кµµстээх мельница диэн дьэ, ол этэ. Мантан ыла ыалларга суоруна умнуллубута. Бу улахан ситиґии, колхозтаахтар олохторо тупсубута. Ону кытта сэргэ дьон ійі - санаата, олоххо дьулуура, уопсай дьыала±а бэриниилээх буолуута кµµґµрбµтэ. Ол иґин ол са±анаа±ы  кілµінэ, билиІІи кырдьа±астар, оло±у кірµµлэрэ атын, чиэґинэйдэр, ыраас суобастаахтар.

Оскуола оло±уттан.

Икки этээстээх мас оскуола 1938 сыллаахха оскуола директора Герасимов Моисей Иванович быґаччы саламтатынан тутуллубута. Мин µірэнэрим са±ана 7 кылаастаах этэ. 1953 сылтан са±алаан 10 кылаастаах буолбута. Манна ыаллыы нэґилиэк о±олоро кэлэн µірэнэллэрэ.Кириэстээх, Куокуну, ТэІкэ, Арыылаах, Дьаархан, АллыІа о±олоро бары Тойбохойго µірэммиттэрэ. Арааґынай µірэхтээх дьоннор биґиги оскуола боруогуттан са±алаан µµммµттэрэ. Сэрии да буола турда±ына о±о-аймах µірэххэ тардыґара кµµстээх этэ. Тулаайах о±олорго детдом, интернат диэннэр тіґілііх ыччаты хоргуйууттан эрэ буолбакка, µірэ±э суох хаалартан  ірµґµйбµттэрэ буолуой? Бу оччотоо±у учууталлар уонна салайааччылар µтµілэрэ.

Герасимов Моисей Иванович –оскуолабыт директора нэґилиэнньэ±э улахан авторитеттаа±а. Бу ураты ійдііх, талааннаах педагог эрэ буолбатах, іссі сатабыллаах хаґаайыстыбанньык киґи этэ. Биґиги оскуолабыт маґынан оттуллар халааІка оґохтордоох этэ. Арааґа , сµµрбэччэ буолуо. Бачча элбэх оґо±у кыґыны быґа маґынан хааччыйар µлэ директор дьаґа±а суох кыаллыбат буолуохтаах. Биґиги хаґан да±аны оскуолабыт тоІон хаалан (аныгы курдук) тіптірµ тіннµбµппµтµн ійдіібііппµн. Сарсыарда тиийдэххэ оґохтор хайы µйэ оттуллан, хайы-сах оттуллубут буолаллара. Оскуола иґэ, таґа да хаґан да±аны киртийэн ньµдьµрээбитин кірбіті±µм.

Моисей Иванович тулаайах о±олору бэйэтэ билэ-кірі сылдьан детдомІа, интернакка (частичнай интернат диэн баара) ылаттаан абыраталаабыта. Сап са±аттан сал±анан, аґаан – таІнан сылдьар тулаайах уонна тулаайах аІаардаах, куруук тоІо сылдьар, аґыыр эрэ туґунан саныыр оччотоо±у о±олор эрэйдээхтэр Моисей Иванович кімітµнэн киґи-хара буолбуппут.

Оскуола о±олоро эрэ буолбакка араас дьон Моисей Ивановичтаахха кэлэн сµбэ-ама ылан бараллара. Ол – бу улахан тутуулар кинитэ суох тутуллубат  этилэр. Ким эбит  оло±ор кыґал±а тирээтэ±инэ «Майыґыай туох диирэ буолла?» дэґэр буолаллара. Кинилэргэ ыалдьыт-хоноґо, кэлии-барыы элбэх этэ. Хантан эрэ, ыраахтан да чугастан да кэлэр мааны, интеллигент дьоннор кинилэргэ тµґэр этилэр.

Моисей Иванович кэргэнэ Нина Афанасьевна нуучча тылын учуутала, µірэ±ин саІа бµтэрбит кыыс, µлэтин бу оскуолаттан са±алаабыта. Кэлээт да о±о-аймах кутун туппута.  Оччотоо±у тыа о±отун хара±ар бу кыыс кыраґыабайа, тутта-хапта сылдьара, таІаґа-саба уґулуччу этэ. Уруогун лоп-бааччы ыытара, ыраастык нууччалыы саІаран µірэтэрэ. Мин киниэхэ бэрт кылгас кэмІэ µірэммитим эрээри, ійбір кµн бµгµІІэ диэри тута сылдьабын.

Сэрии са±ана, Моисей Ивановичтаах баалларына, Данилов Иван Конович завуч этэ. Кини кэргэнэ Савинова Татьяна Яковлевна начаалынай кылаастары µірэтэрэ. Олус кіні-мааны, кыґаллыгас учуутал этэ. Сэрии тµсунан бэлиэ сонуну, геройдар тустарынван уруок кэнниттэн кэпсиирэ, аа±ара. Ґорэнэр кинигэ да, µірэх тэрилэ да олох суо±ун кэриэтэ этэ. Биир кинигэнэн хас да буолан уларсыґан µірэнэрбит.

Егор Николаевич Савинов диэн уол 7-с кылааґы бµтэрээт, учууталлаан барбыта. Ол таґыгар пионербаґаатайдыыра. Оччотоо±у пионербаґаатайын µлэтэ диэн киґи санаата тиийбэт киэІ далааґыннаа±а. О±ону патриотическай тыыІІа иитии, µчµгэйдик уонна туйгуннук µірэнэргэ уґуйуу, кірсµі - сэмэй буоларга, ыраастык туттунарга, физкультуранан дьарыктааґын барыта пионерскай µлэнэн ыытыллара. Сµµґµнэн о±олор - пионердар тус-туґунан этэрээттэргэ арахсан линейкалаан, рапордаан, дружина сборун ыыталлара. Бэсиэдэ истэн, ыллаан, µІкµµлээн киэґэ, хараІа буолла±ына тар±аґан Тойбохой уІуор дьиэбитигэр тиийэрбит.

Егор Николаевич,бэйэтэ тулаайах хаалбыт о±о, эмиэ Тойбохой уІуор олорор убайыгар Сабый Ньукулайдаахха иитиллибитэ. Мантан хааман µлэлиирэ. Хонно±ун анныгар баґаам элбэх тэтэрээти кыбынан а±алан, киэґэ кімµлµік сырдыгар бэрэбиэркэлиирэ. Саатар бу ыаллар ийэлэрэ эрдэ ілін, 3 дуу 4 дуу о±о Дьігµір моонньугар хаалбыттара. Биир о±ону – Артуру эдьийэ ылан, иитэн-харайан киґи-хара буолбута.

Егор Николаевич олох эрэйин, кыґал±атын барытын тулуйан, эдэр кілµінэни иитиигэ оло±ун бµтµннµµ анаабыта. Ис сµрэ±иттэн кыґанан µлэлиир педагог уґун оло±у олорбута. Ґс уол о±ону хаалларбыта. Мин тµіспэр кыґыл хаалтыстаах кыра  о±о эрдэхпинэ миигин µірэппит-ииппит, киґи буоларбат кіміліспµт кµндµ киґим буолар.

Мин о±о эрдэхпинэ іссі Корнилова Екатерина Алексеевна, Филиппова Александра Егоровна, Максимова Александра Кирилловна, Константинова Ксения Алексеевна, Попов Илья Андреевич µлэлээбиттэрэ.

Попов Илья Андреевич саха тылын µірэтэрэ. Бу талааннаах учуутал эрэ буолбатах, талааннаах артыыс этэ. Кини µірэтэр о±отун хаґан да міхпіт, хаґан да кыыґырбат.Айымньыны олус тупсаран, художественнайдык  аа±ара. Геройдар бары тус-туґунан куоластаах, о±о хара±ар тыыннаах уобарас буолан кістіллірі. Кини уруогар ким да аралдьыйбат, сцена±а артыыс оонньуурун кірір курдук мин кірірµм. Уруок бµттэ±инэ хомойорум. Оччотоо±у кілµінэ±э Саха тылын іІµн-амтанын, Саха киґитин дууґата кэрэтин арыйбыт  µтµілээх буолан, ол са±анаа±ы µірэнээччилэртэн талааннаах суруйааччылар Леонид Попов, Иннокентий Семенов, Яков Семенов, µІкµµ тыла этээччилэр Хампыаттаах Уйбаан, Бµітµр Савич, Сідµіт  уонна Ньукулай ДЬігµірэптэр о.д.а. бааллара.

Константинова Дария Алексеевна кэргэнинээн Евсеев Василий Никитичтиин Бµлµу педучилищетын бµтэрбиттэрэ быґыылаа±а. Бу олохторун олорчу о±о иитиитигэр анаабыт дьоннор. Василий Никитич бэйэтэ айыл±аттан музыкант, артыыс, µІкµµґµт  киґи. Кини о±олору кытта сайыннары µлэлиирэ. Художественнай самодеятельность, драмкуруґуок эІин тэрийэн, арыт оркестр тэрийэн µлэлэтэрэ. Оччолорго музыкальнай инструмент хантан кэлиэй, арай балалайка бара. Хас да балалайканан, барабаанынан, хобордоо±унан, масс хамыйа±ынан, онноо±ор эрбиини тыаґатан музыкальнай слухтаах о±олор атын µчµгэй оркестр туруораллара. Испэктээкил, хор, концерт, µІкµµ, оркестр, физкультурнай нµімэрдэр, онтон µІкµµ. Олох ньиргиччи бырааґынньык буолара. Ону барытын Василий Никитич салайан, баґаатайдары µлэлэтэн ситиґэрэ. Оччотоо±у о±олор кіхтірі да бэрдэ

Дарья Алексеевна миигин география±а µірэппитэ. ССРС географията диэн учебниктаах этибит. Кытаанах ирдэбиллээх учуутал этэ. Ґірэнээччигэ биэрэр билиитэ кµн аайы долбуурга ууран иґэр курдуга. Кини итини ССРС каартатын олус табыгастаахтык туґанан ситиґэрэ. Ханнык куорат дуу, хайа дуу хана баарын мунаа±а суох, тµргэнник ыйан кірдірірµ ситиспитэ. Онноо±ор укааска±ын хайдах тутаргын кытта µірэтэрэ. Дарья Алексеевна о±ону хаґан да міхпіт, сабыґыннарбат эрээри, кини тус  бэйэтин дьыалабыай хаачыстыбаларынан баґылыыр кµµстээ±э. Кини иІэрбит билиитэ кµн бµгµІІэ дылы биґиги олохпутугар туґалыы турар.

Кэнники Ипатий Семенович Иванов, Агафия Кирилловна Антонова, Кирилл Афанасьевич Иванов, Надежда Осиповна Максимова о.д.а. учуутал да быґыытынан µтµі холобур буолар этилэр.

« Былыргыны былыт сабар, ааспыты ардах сууйар»- диэн мээнэ±э эппэттэр. Ол иґин µµнэр кілµінэ олорор сирин, Тойбохойун былыргытын санаатын диэн бэйэм тугу ійдіін сылдьарбын соро±ун суруйдум.

Андреев Афанасий Васильевич

(Хаппыыста Сµµрµк) туґунан ахтыы.

Афанасий Васильевич Бакамда±а тіріібµт киґи. А±ата Дьіґіккі Баґылай эрдэ ілбµтэ. Ийэтэ Чымыкый Барбаара 1980 сыллаахха ыалдьан ілбµтэ. Эмээхсин хойукка дылы аґара кыанар эмээхсин этэ. Кини биґигини ыраахха диэри сырсыталыыр этэ. Наака Хонооґой ийэтин батан, ата±ынан быґый буолбут быґыылаах.

Кини 1950 сыллаахха дылы ыґыахтарга сµµрэн, иннигэр киґини тµґэрбэтэх сµµрµк буолар. Бµтэґик сµµрµµтµгэр Тойбохой ыґыа±ар, урут Моотууттан Арыыга дылы сµµрэллэрэ, сырсар дьонуттан 50-ча метр  кэннилэригэр туруоран сµµрдµбµттэрэ. Ол да µрдµнэн бастаан кэлбитэ.

Ону таґынан атах оонньуутугар эмиэ кыттан бастыыра.

Кэлин Тойбохойго киирэн, кэргэннэнэн, дьиэ туттан, ойуур хаґаайыстыбатыгар леснигинэн µлэлээбитэ. Ол сылдьан колхозка саас аайы ат айааґыыр идэлээ±э. Элбэх аты айааґаабыт киґи. Сµрµн таптыыр дьарыгынан булт буолара. Тіґі элбэх тайа±ы бултаабытын, арааґа, Ким да кыайан аахпата буолуо. Бултуу сылдьан ойуурга ыта µрэрин иґиттэ±инэ сирэйдиин-харахтыын  уларыйара уонна атын хаалларан баран, сатыы элэс гынара. Сотору буолаат саа тыаґа иґиллэрэ. Онно атынан син ір со±ус айаннаан тиийэрим.

Кэргэнэ Матрена Алексеевна Тойбохой балыыґатыгар эдэр сааґыттан оло±ун бµтэґик  кµннэригэр диэри медсестранан µлэлээбитэ. Наґаа µчµгэй майгылаах, µтµі-мааны ыал этилэр. Дьон бі±і убаастыыр, нэґилиэк сис ыала этэ.

Арай биирдэ 굴µн тайахтыы сылдьан µс тайахха тµбэґэн баран µстэ ытан µґµіннэрин охтортообут. «Оо, байанайым кууґунан туттарда»-диэн µірэн –кітін баран истэ±инэ, лікійі онтон тыґыта иккиэн туран баран хаалбыттар. Карабинын айа±ар ботуруона суох буолан кірін туран хаалбыт.Инньэ гынан µс тайахтан кыратын нэґиилэ илдьэ хаалбытын туґунан олус кыґыйан туран кэпсиирэ.

Мин Тойбохой оскуолатыгар µірэнэр сылларбар кинилэргэ олорон онус кылааґы бµтэрбитим. Ол тухары миигин бэйэлэрин о±олорун курдук кірін-харайан наґаа µчµгэйдик илдьэ олорбуттара. Саас аайы куска, кэлин 굴µн аайы тайахха куруук бэйэтин кытта илдьэ сылдьара .Кинини кытта сылдьан айыл±аны кірін-билэн, булт араас ньымаларыгар уґуйуллубутум, онтум тус олохпор кэлин улаханнык кіміліспµтэ, туґалаабыта.

Ахтыыны суруйдум Хонооґой быраата, Иванов Ник. Ник.

2007 сыл, Дьокуускай к.

.



- 139 - 0 savvinovv
23.07.2013 12:03
Войдите на наш сайт, для этого введите ваш e-mail, и мы отправим вам на почту данные для авторизации


Регистрируетесь на сайте, вы соглашаетесь с нашей Политикой конфедициональности

Расскажите друзьям в социальных сетях о данной странице:


ДОБАВЬТЕ КОММЕНТАРИЙ от имени «Гостя» или Войдите на uistoka.ru


Рейтинг@Mail.ru

Поддержите наш проект! Вступайте в социальные группы "У истока"


у-истока-в-youtube
у-истока-в-контакте
у-истока-в-одноклассниках
у-истока-в-facebook
у-истока-в-инстаграм


Пользователи, связанные с н.п. село Тойбохой

К сожалению, здесь еще никто не отметился.

Новые фото


Элгээйи - Эльгяй - El'gyay
Тойбохой

Рекламные ссылки:
Компьютерная фирма КНС Нева предлагает материнская плата GigaByte - доставкой по Санкт-Петербургу и СЗАО
стеллаж стеклянный
изготовление наружных вывесок москва
Conecte ChatArchitect.com para WhatsApp a Omie CRM
Рекомендуем компьютерную фирму КНС EX219463RUS - билеты на футбол в подарок каждому покупателю
Написать